понедельник, 8 февраля 2016 г.

Өс хоhооно – өбүгэ номоҕо.


2015 c. "Саха сирэ" хаhыат "Саха ыала" сыhыарыытыгар быhаарыылаах өс хоhоонноро  бэчээттэммиттэрэ.


Өс хоhооно – өбүгэ номоҕо.
1.      Сыыла сылдьан сыарҕа быатын кэрбиир.
Көрө түhэргэ көнө, көрсүө-сэмэй курдукка дылы буолан баран, уора – көстө, биллибэтинэн сылдьан куhаҕаны, дьээбэни оңорор киhини этэллэр.
2.      Сытар дүлүң анныгар сыыс киирбэт.
Тугу да гыммакка – дьарыктаммакка олорор киhи үбү-аhы булбат, тугу да таhыттан туhаммат.
3.      Көрдөспүт көhүйэнэн көмүhү булар.
Албыннас, алы гын, санааҕын ылыннар. Наадаҕын ситиhиэң.
4.      Муңнаах булугас, эрэйдээх этигэс.
Кыhаллар. Наадыйар, буларга төhө да күчүмэ5эйин иhин булар, эрэйдэммит, наадыйбыт киhи туохтан да толлубакка, бэйэтин наадатын, кыhал5атын эрэ кэпсиирэ.
Саха сирэ, тохсунньу 29 күнэ, 2015 с.
5.      Кэрдиэң иннинэ кэмнээ, туттуоң иннинэ толкуйдаа.
Тугу эмит оңорор, үлэлиир, этэр да буоллахха, аан бастаан толкуйдаан, үчүгэйдик быhааран баран дьиңнээхтик олоххо киллэриллиэхтээх, хайда5ын билбэккэ эрэ са5алыыр, тэрийэр табыгаhа суоҕун туhунан этэр.
6.      Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ. Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн.
Иккиэн биир суолталаахтар. Бэйэ илиитигэр, туhатыгар киирэр буолбуту, чахчы туhаҕа тахсары эрэниллиэхтээх. Саарбаҕы, олоххо киириэ суоҕу эрэнэр сыыhа, онон сэрэх – сэргэх буолары этэр.
7.      Салбаң сабы барыыр.
Сатабыла суох оңоhуктаах уонна иистээх хос-хос оңорор, көтүрэр буолан, матырыйаалы ороскуоттуурун этэллэр.
8.      Тыл уңуоҕа суох.
Тугу баҕарар толлубакка, кэтэмэҕэйдээбэккэ саңар, ким да бопсубат диэн этэллэр.
Саха сирэ, олунньу 26 күнэ, 2015 с.
9.      Сөбүлээбит сүгэhэрдээҕи, ба5арбыт манааҕылааҕы батыhар.
Дьиңнээх ис сүрэхтэн сөбүлээтэ да, оло5ун илгэтин, баайын – дуолун аахсыбакка туран, эр – ойох буолууну этэллэр.
Саха сирэ, тохсунньу 15 күнэ, 2015 с.
10.  Сүрэҕэлдьээн турума – сүhүө5үң холлуо.
Сүрэҕэ суох киhи үлэлиир кэмигэр үгүстүк турар – олорор буолар, ону этэллэр.
11.  Кэнниң сырдык, инниң хараңа.
Киhи үйэтин тухары инникитин хайдах – туох олох күүтэрин билбэт, кини ааhан эрэр олоҕун, ол эбэтэр олорон – сылдьан ааспыт өттүн эрэ билэр, ону этэллэр.
12.  Ыллыгын булунуох, суолун солонуох эрдьигэн.
Сытыы – хотуу, туохтан да иңнэн – толлон турбат, толлугаhа суох сырыылаах хорсун киhини этэллэр.
13.  Кумаҕынан өтүү хатар, устар ууну сомоҕолуур.
Олус уус – уран тыллаах, кырдьыгы сымыйа гынан, сымыйаны кырдьык оңорон, киhини итэҕэтэр курдук кэпсиир хомоҕой тыллаах киhини этэллэр.
Саха сирэ, олунньу 12 күнэ, 2015 с.
14.  Хааhах иhигэр бүргэс баппат.
Дьээбэлээх киhи сүгүн тэhийэн – тулуйан сылдьыбат, оңорбутун оңоруон, алдьаппытын алдьатыан баҕара сылдьар, төhө да тутулуннар, сүгүн буолбат киhини этэллэр.
15.  Уот кыымнаах, өтөх төңүргэстээх.
Киhи ыччаттаах буоларын, кини аатын ааттатар уруу, ыччат хааларын этэллэр.
16.  Хоммут отуу кэриэстээх.
Сылдьыбыт, олорбут сири кэриэстээhин, ытыктааhын.
Саха сирэ, кулун тутар 5 күнэ, 2015 с.
17.  Кутуйах түүлэннэ5инэ «ычча» дииригэр дылы.
Урут соччо үчүгэйэ суох олорбут, сылдьыбыт киhи үчүгэй буоллаҕына, сирэрин – таларын этэллэр.
18.  Таhыттан киирбит таас уллуңах, туораттан киирбит туос уллуңах.
Былыргы аҕа ууhугар эбэтэр ийэ ууhугар, нэhилиэккэ даҕаны атын сиртэн билбэт уhурбах сылдьар киhи кэлэн киирдэҕинэ, итинник этэллэрэ, ол аата сөбүлээбэттэр, кини хайдаҕын билбэттэрэ, итэҕэйбэттэрэ.
19.  Сүүhүн көлөhүнүн уллуңаҕар аҕаан, уллуңаҕын көлөhүнүн сүүhугэр аҕаан олорор.
Бэйэтин дьиңнээх үлэтинэн – хамнаhынан булар үбүн – аhын үчүгэйдик кичэйэн – кэмчилээн, лоп курдук ааҕан – суоттаан, кэмнээн – домноон, үчүгэйдик туттан кэмигэр тиэрдэн олорор кичээңи, дьаhаллаах – сатабыллаах киhини этэллэр.
Саха сирэ, кулун тутар 12 күнэ, 2015 с.
20.  Отонноотоххо оңоойук туолар.
Кыратын кэрэйбэккэ мунньуохха, кичээңи буолуохха. Мунньулуннаҕына элбиэхтээх.
21.  Аттаах ойбоно, сатыы тайаҕа.
Иллэм – дьэллэм, киhиэхэ үтүөнү – өңөнү оңорор, салгыыр – тэрийэр, үтүө суобастаах аhыныгас киhини этэллэр.
22.  Күүскүн эрэнимэ, сатабылгын эрэн.
Аңардас күүhүнэн эрэ буолбакка, туохха баҕарар сатабыллаах – ньымалаах буолуу, ол ордук хотуулаах, туолумтуо буолуохтаах.
Саха сирэ, олунньу 5 күнэ, 2015 с.
23.  Уол оҕо саадаҕын үстэ курданан баран киhи буолар.
Киhи тыыннаах үйэтигэр араас кыhалҕалаах, мүччүргэннэрдээх сырыыны сылдьар, олоҕу олорор, ол иhигэр өлө сыhар, быста – быста сал5анан киhи буоларын, өрүhүнэрин этэллэр.
24.  Таас таңалай, тимир тыңырах.
Кырыыстаах – таныардаах, куhа5ан, ыарахан тыллаах, ылбытын биэрбэт, күтүр киhини этэллэр.
25.  Тоhоҕо төбөтүгэр олорбут.
Туох да оломо – толомо суох олохтоох, сырыылаах, биир сиргэ аанньа олорбот киhи.
26.  Өсөhөбүн диэн өрөhөң хайдаарай.
Туохха да истибэт, ньүдьү – балай, өhөс – чоҕой киhи туhунан этэллэр.
Саха сирэ, кулун тутар 19 күнэ, 2015 с.
27.  Илин атах сиппэтэ5ин, кэлин атах ситиэ.
Бэйэм сиппэтэхпин, кыайбатахпын – хоппотохпун ыччатым ситиhиэҕэ, эбэтэр «Бэйэм сиппэтэхпин бэдэрим ситиhиэ» дииллэр.
28.  Таас дьүлэй курдук.
Тугу да билбэт – көрбөт, олохтон хаалбыт киhини этэллэр. Куhаҕан киhи кулгааҕа суох, аныаха диэри истибэккэ сылдьар дииллэр.
29.  Кыычыкыын баhын уңуоҕа буоллаҕай.
Былыр аан бастаан Дьокуускайтан тахсан Сунтаарга сир биэдэмэhэ оңорбут нуучча, аатын билбэттэр, кыычыргыыр саппыкылаа5ын иhин Кыычыкыын диэн ааттаабыттар. Оҕус баhынан дырыhааңкы оңортороро үhү. Онон үгэ уонна өс хоhооно буолбут. Өр буhар күөс туhунан этээри гыннахтарына, билигин да инньэ диэччилэр.
Саха сирэ, муус устар 2 күнэ, 2015 с.
30.  «Аҕал» диэтэххэ антах хайыhар, «мэ» диэтэххэ мичик гынар.
Күтүр, ымсыы, аңардастыы ыларын эрэ сөбүлүүр, киhиэхэ биэрэри билбэт киhини этэллэр.
31.  Таас өлүү курдук буулаабыт.
Киhини сидьиңник, кэрээнэ суохтук, ааспакка – арахпакка баттыыр – ата5астыыр киhини этэллэр.
32.  Сиргэ тимириэхпин сир кытаанах, халлааңңа көтүөхпүн кынатым суох.
Кыбыстан бара – кэлэр сири булбатах, ыксалга, кыhалҕаҕа киирбит киhини этэллэр.
33.  Тиэргэнигэр тиргэлээбит, чалбаҕар сааламмыт.
Ырааппат, дьиэтиттэн тэйбэтэх киhини этэллэр.
Саха сирэ, муус устар 16 күнэ, 2015 с.
34.  Куhаҕаны саңарда диэн курус гыммат, үчүгэйи эттэ диэн ымах гыммат.
Тугу да эппит иhин наадалааҕынан аахпат, ньүдьү – балай киhини этэллэр.
35.  Сип гыммыты ситиигэ тиhэр, сап гыммыты сапка тиhэр.
Хобуоччу, тугу истибитин, билбитин – көрбүтүн мунньа сылдьан хобулаан, кэпсээн биэрэр дьоhуна суох киhи.
36.  Халдьаайы хаhыңын курдук.
Эмискэ сүтэн суох – баар буолан хаалары этэллэр.
37.  Саhыл хараҕын сиэбит.
Утуйар уута суох наhаа эрдэhит киhи.
Саха сирэ, муус устар 23 күнэ 2015 сыл.
38.  Киhи кэпсэтэн, сүөhү маҕыраhан билсэр.
Киhини кытта сиhилии үчүгэйдик кэпсэтэн билсэри этэллэр.
39.  Тыла айаҕар баппат, атаҕа суолга баппат.
Тыллаах – этиhиик, куhаҕан быртах тыллаах, ханна да сылдьыбытын иhин сүгүн буолбат, батыгаhа суох киhини этэллэр.
40.  Кураанах хамыйах киhи айаҕар баппат.
Соруhар, көрдөhөр, тугу эмит оңорторор буоллахха, кыра да манньалааҕа ордук диэн этэллэр.
41.  Көс ыта көңөс, суол ыта торҕон.
Бэйэтин дьиэтэ –уота, сирэ – дойдута буолбатах эрээри, тастан киирбит киhини көңүүр киhи.
Саха сирэ, муус устар 30 күнэ, 2015 с.
42.  Тоң суолун тордоон, ир суолун ирдээн.
Ханна да барбытын иhин, барбыта төhө да өр буолтун иhин көрдөөн, ирдэhэн, сураhан булуу.
43.  Суо5у суоруом дуо?
Суох аата суох, суоҕу хантан да булбаккын.
44.  Тылым хаалыан кэриэтэ, тыыным быстыа.
Эппити энчирэппэт, биир тыллаах буолуу.
45.  Барар сир ба5ана үүтэ буолбут, кэлэр сир кэлии үүтэ буолбут.
Туох эрэ быhаарыллар кыа5ыттан тахсан, муңур уhукка тиийиитэ.
Саха сирэ, муус устар 9 күнэ, 2015 сыл.
46.  Эhэ кымырдаҕастаабытыгар дылы.
Кыахтаах, күүстээх – уохтаах эрээри ону туhаммакка эрэ кыраҕа, туhата суохха, көдьүүhэ суохха бадьыыстаhар киhини этэллэр.
47.  Хойутаан баран хобо тиктибит диэбиккэ дылы.
Хайыы үйэ5э кэмэ- бириэмэтэ кэлэн ааhан бүтэн хаалтын кэннэ тэринии, оңостуу, дьаhайыы.
48.  Ыт түөртээҕэр түөhэйэригэр дылы.
Эдэригэр кырдьан түң-таң курдук буолбут киhини этэллэр.
49.  Иирбит аҕабыт суругун курдук.
Киhи өйдөөбөт, туhата суох үлүбээй суруллубут суругу этэллэр.
Саха сирэ, ыам ыйын 7 күнэ 2015 с.
50.  Уот салаабытын, уу сууйбутун курдук.
Букатын туох да суох буолан хаалбытын этэллэр. Булт түбэспэтэҕин, балык кэлбэтэҕин туhунан этиэхтэрин сөп.
51.  Баҕа силэ байҕалга эмтээх.
Кыра да буоллар туhалаах, наадалаах диэн суолтаҕа туттуллар.
52.  Оннооҕор түөрт атахтаах бүдүрүйэр, көтөр кынаттаах саарар, чобуо тыллаах кэлэҕэйдиир.
Эңкилэ суох биир кэминэн сылдьыахха сатаммат, киhи олоҕор туох эмит мэhэй, сыыhаны – халтыны оңоруу баар буолар.
53.  Ат олугун, мас кэрдииhин курдук.
Мунааҕа суох олус чуолкайы, чопчуну этэллэр.
Саха сирэ, ыам ыйын 14 күнэ 2015 с.
54.  Ынаҕы ыңыырдаабыт курдук.
Бэйэтигэр дьүөрэтэ суох таңастаах саптаах, сатала суох таңныбыт курдук.
55.  Ырыган көлөнөн ыраатыаң суоҕа.
Сымыйа – албын тыллаах киhини сымыйалаан ыраатыаң суоҕа диэн этэллэр.
56.  Икки ардыларынан уу тэстибэт.
Наhаа иллээх – эйэлээх дьону этэллэр.
Саха сирэ, Ыам ыйын 28 күнэ 2015 с.
57.  Тыллаах сыңааҕынан кынаттанар.
Тугу да бүтэрбэт, оhорбот, аңардас тылынан эрэ барыны оңорбут буолар, олоххо киирбэт тыллаах – өстөөх киhинин этэллэр.
58.  Эрэйигэр мин сырыттым, эгэтигэр эн сырыт.
Кыhалҕалаах – эрэйдээх өттүн оңорон бүтэрэн, эрэйэ суох, чэпчэки өттүн атын киhиэхэ туран биэрии.
59.  Сэбиргэҕим сэрэйбитэ.
Таайа санааhын, сэрэйэн көрүү, тугу эмит таайыы.
60.  Ууга түhэн иhэн дулҕа сиэлиттэн хаптыбыт.
Туохха эмит түбэhэн, ыллара сыhан баран, быыhанар туох эмит сылтаҕы, тоҕоостооҕу булан өрүhүнүү.
Саха сирэ бэс ыйын 4 күнэ 2015 сыл.
61.  Тыла сыатааҕар минньигэс.
Киhи ылыныан курдук албын тыллаах – өстөөх киhини этэллэр.
62.  Килбигин көрүмэ, кэтэҕин көр.
Көрө түhүөххэ килбик – сэмэй буолан баран, кистии – саба быракаастаах, дьээбэлээх, уора – көстө мөкүнү оңорор, онно – манна умньанар киhини этэллэр.
63.  Тыалынан киирбит холоругунан тахсар.
Бастакы саҕаланыытыгар куттала суох курдук эрээри, кэлин улахан содуллаах.
64.  Дьиэҕэ киирдэххэ уот кытарар, таhырдьа таҕыстахха, халлаан көҕөрөр.
Уу – нуурал, тыас иhиллээбит курдук туругу этэллэр.
Саха сирэ бэс ыйын 11 күнэ 2015 сыл.
65.  Айылҕаттан тахсар сытыканы билбэт.
Тугу этэрин – саңарарын билиммэт, куhаҕан, сөбө суох тыллаах – өстөөх, үчүгэйи саңарбат, бэйэтин алҕаhын билиммэт киhини этэллэр.
66.  Уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах.
Эдэр дьон, ыччат өттө кэскиллээх, уhун үйэлээх.
67.  Салыңнаах балык курдук.
Тухха да ылларбат, халбаххай киhини этэллэр. Куота көтө– көтө оңорбутун оңоро, алдьаппытын алдьата сылдьар. Тугу да оңорбутун иhин, куотан – быыhанан иhэр киhини этэллэр.
68.  Сылдьарга сылтахтаах.
Ону – манны сорук – иис оңостубута буолан, туhата – көдьүүhэ суох сырыылаах киhини этэллэр.
Саха сирэ бэс ыйын 18 күнэ 2015 сыл.
69.  Күөс үллэрин кэриэтэ.
Туох эмэ уhаан – кэңээн, өр бириэмэҕэ мэлдьи биир кэриң муңутаабытынан турбакка уостан – кэхтэн, баранан, суох буолан хааларын этэллэр.
70.  Тыс баттах киhи.
Мара, үчүгэй төрүтэ суох боростуой, үлэhит – хамначчыт киhини этэллэрэ.
71.  Баҕарартан харах арахпат, ыалдьартан илии арахпат.
Баҕара, таптыы, сөбүлүү көрбүккүн иңэн – тоңон үчүгэйдик көрөрүң. Эбэтэр атыңңа аралдьыйбытың да иhин, туох эрэ кыhалҕаң өйгүттэн – санаа5ыттан арахпата.
72.  Ый – күн алтыhарын кэриэтэ.
Өр буола – буола биирдэ эмэ көстө түhэн ааhыы, көрсүhэ түhүү.
Саха сирэ от ыйын 23 күнэ 2015 сыл.
73.  Өлүөр эккэ түөн уурунуу.
Бэйэҕэ сыhыана суоҕу ылан, буруйу оңостуу, эрэйгэ тиксии.
74.  Халлааны сатаратыма.
Улаханнык саңарыма, сэттээх буолуо.
75.  Оннооҕор үүнэр мас үрдүктээх – намыhахтаах буолар.
Киhи –сүөhү эриэ – дэхси тэң буолбат, үчүгэй да, күүстээх, мөлтөх, улахан, кыччыгый да баар буолуохтарын сөп.
76.  Сымыйаччы туоhулаах.
Сымыйаччы киhи итэҕэтээри ону- манны холобур гынар, ол киhи эппитэ, бу киhи эппитэ диэн сымыйанан этэр.
Саха сирэ от ыйын 30 күнэ 2015 сыл.
77.  Хой баhын туойар.
Олоххо киирбэти, олоҕо суох тылы хой баhа дииллэр.
78.  Ууну охсон баҕаны куттаабыт.
Бэрт кыраны сылтах оңостон, кыаллыбат суолунан куттуу сатыыр киhини этэллэр.
79.  Суут  -сокуон кулгааҕа – хараҕа киэц.
Буруйу оңорбут киhи ханна да баран куоппат – быыhаммат, суут  -сокуон ирдээн булар.
80.  Көрбүтэ көхсүгэр, билбитэ бэйэтигэр.
Тугу да билбитин – көрбүтүн иhин, кэпсээбэт – ипсээбэт, дьиппиэн, киhини кытта сэлэспэт, бэйэтин билиитин тарҕаппат киhини этэллэр.
Саха сирэ атырдьах ыйын 06 күнэ 2015 сыл.
81.  Тустаахха – суос дьыала.
Мэлдьи куттал – саахал түбэhимтиэ киhитин этэллэр.
82.  Төрүү илик оҕоҕо биhик оңорбукка дылы.
Олоххо киириэ суо5у эрэнии, күүтүү.
83.  Сыа быыhыгар быччаххай кыбыллыбытыгар дылы.
Үтүөнү мөкүнэн мүлүрүтүү.
84.  Айан киhитэ киэң суолу таптыырыгар дылы.
Мэhэйэ- тойо суох, холкутук.
Саха сирэ атырдьах ыйын 13 күнэ 2015 сыл.
85.  Кураанах күөhү кэhээбит курдук.
Туhа тахсыбатын, көдьүүс кэлбэтин туhунан.
86.  Баай бардам, тот дохсун.
Бардам, суостаах – суодаллаах, байбытын – топпутун тулуйбат тойомсук киhини этэллэр.
87.  Быа синньигэhинэн  быстарын курдук.
Кыайан аахсыбат, көмүскэммэт киhини атаҕастааhын.
88.  Үс бүүрүгүн бүүрдэрбит.
Ханна да баран, тугу да гынан быыhаныа суох курдук балаhыанньаҕа киирэри этэллэр.
Саха сирэ атырдьах ыйын 27 күнэ 2015 сыл.
89.  Хаарбаҕын хамсатар.
Сымыйанан этэр,  үhү бадах курдук саарбаҕы кэпсиир киhини этэллэр.
90.  Икки ардыларынан уу тэстибэт.
Наhаа эйэлээх – иллээх дьону этэллэр.
91.  Бэhэ бэттэх, уута уңуор.
Сатаан астамматах, уу – ньамаан курдук ас.
92.  Түлүрбэххэ дылы түүн сырыылаах.
Түүннэри эбэтэр киэhэ ыалтан ыалга сылдьар ымсыы, кэридэх киhини этэллэр.
Саха сирэ бала5ан  ыйын 17 күнэ 2015 сыл.
93.  Уотунан, кыымынан кытыастар.
Тыллаах, этиhиик дьахтары этэллэр.
94.  Ыт баhа көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы.
Үчүгэй ортотуттан бууннаан туорааhын, сиэртэн – майгыттан тахсыы, үчүгэйтэн соруйан мүлчү туттуу.
95.  Хаппыт маска хаан аҕыыр.
Дьээбэлээх, киhини онон – манан сылтах булан иирсэ сатыыр киhини этэллэр.
96.  Хай5анабын диэн хабарҕаң хайдаарай.
Үлэтин, оңоhугун хайдаҕын билиммэт эрээри, бэйэтин – бэйэтэ хайҕанар киhини этэллэр.
Саха сирэ алтынньы 17 күнэ 2015 сыл.
97.  Халтаң хабаана суох.
Туга да суох эрээри, баардаах курдук бэрдимсийии.
98.  Тимир илии, такыр тарбах.
Кэччэгэй киhи туhунан этэллэр.
99.  Тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук.
Туох эрэ мэлдьи сатамматын, санаа иhинэн буолбатын этэллэр.
Саха сирэ балаҕан  ыйын 10 күнэ 2015 сыл.
100.                     Эмэх маhы эргиппиккэ дылы.
Кырдьыбыт, күүhэ – уо5а бараммыт киhини кытта бэрт былдьаhыы.
101.                     Суор күөстэммэт, ыт хаhааммат.
Булбут аhын биирдэ олорон турар, кэлин наадыйыаҕын санаабат, хаhааммат киhи.
102.                     Дьиэтигэр тэhийбэт тэлээр дьэллик.
Дьиэтигэр – уотугар тэhийэн олорбот, тугу да бүтэрбэт эрээри, мээнэ хаама сылдьар киhини этэллэр.
103.                     Сатаа да саhыл саңыйахтан, үлэлээ да үүс соннон.
Сүрэхтээх, сатабыллаах киhини этэллэр.
Саха сирэ балаҕан  ыйын 03 күнэ 2015 сыл.
















2 комментария:

  1. Бу наһаа наадалаагы ыыппыккын.Биһиги үлэбитигэр олус наада.Быһаарыылаага олох үчүгэй.Ток шоу туһаныам дьэ

    ОтветитьУдалить